|
|||
Иккис көстүү
Уруккулары кытта почта тойоно
Почта тойоно. Тойоттор, быһ аарыҥ эрэ миэхэ, туох тойон иһ эр ү һ ү нү й?! Куорат Баһ ылыга. Эн аныаха диэри истэ иликкин дуо? Почта тойоно. Истибитим. Бобчинскай Петр Ивановичтан. Субу аҕ ай миэхэ почтаҕ а, хонтуорабар киирэ сылдьыбыта. Куорат Баһ ылыга. Дьэ, ол туһ унан эн туох дии саныыгын? Почта тойоно. Мин дуо? Туурактары кытта сэрии буолуо диибин. Аммос Федорович. Ү ү т-маас! Мин эмиэ инньэ дии санаабытым! Куорат Баһ ылыга. Иккиэн халлааны эрдэҕ ит! Почта тойоно. Чахчы, чахчы! Сэрии! Ити барыта боронсуус кү ө ртү ү сытар! Куорат Баһ ылыга. Ханнык сэрии?! Манна биһ иэхэ сэрии буолуо, туурактарга буолбатах! Ол биллэр, миэхэ сурук баар. Почта тойоно. Оннук буоллаҕ ына, туурактары кытта сэрии буолбат буоллаҕ а дии. Куорат Баһ ылыга. Эн хайдах буоллуҥ … Хайдаххыный ээ, Иван Кузьмич? Почта тойоно. Ол мин диэн, хайдах буолуохпунуй… Эн хайдаххыный, Антон Антонович? Куорат Баһ ылыга. Мин дуо? Оннук улахан куттал суох да, испэр син биир кутуйах хаамар. Атыыһ ыттар уонна кө ннө рү дьон сэрэхтээхтэр. Ү гү стэр миигин сө бү лээбэт сурахтаахтар. Оттон ол мин сорохтортон, баҕ ар, ордугу-хоһ у ылбытым буолуо даҕ аны, наһ аалаабатаҕ ым буолуохтаах. Мин ө ссө маннык диэн саныыбын ээ (Почта тойонун хонноҕ уттан ылан туора илдьэр), баҕ ар, ким эмэ мин ааппар ү ҥ сү ү суруйбута буолаарай, тоҕ о ол эмискэ ревизор тиийэн кэллэ! Иван Кузьмич, эн туохтаа, барыбыт уопсай туһ абытыгар диэн, мантан инньэ кэлэр-барар суруктары барыларын арыйан аах, туох эмэ куһ аҕ ан сурук баар дуу, суох дуу? Суох буоллаҕ ына, тө ттө рү силимнээн кэбис, баҕ ар, силимнээбэккэ да биэриэххин син.
Почта тойоно. Һ уу, ү ө рэтимэ, ү ө рэтимэ… Инньэ гыммытым ыраатта. Сэрэнэрбиттэн буолбатах, ону-маны билиэхпин баҕ арарым бэрдиттэн — аан дойдуга туох буола турар эбитий диэн. Дьэ, туора дьон суругун ааҕ артан ордук кэрэхсэбиллээх баарын билбэтим-кө рбө тү м. Хаһ ыаттааҕ ар да, романнааҕ ар да ордук, оо, дьэ, араастаан суруйаллар ээ! Куорат Баһ ылыга. Оттон ол Петербургтан чиновник эҥ ин кэлэр диэн тугу да аахпатаҕ ыҥ дуо? Почта тойоно. Суох-суох, Петербург киэнэ суох. Атыттар туһ унан буолунай. Эн эмиэ ол суруктары аахпатаҕ ыҥ хомолтолоох… Бу соторутааҕ ыта биир поручик табаарыһ ыгар суругун аахтым… Баал туһ унан олус кө рү дьү ө стү к суруйар, олус иэйиилээхтик: «Мин олоҕ ум, — диир, — доҕ оруом, биир кү дьү с бырааһ ынньык… дьахталлар… музыка… ханна эрэ кө тө н иһ эр курдуккун, барыҥ барыта туран хаалар курдук…», — эҥ ин диир, дьэ, суруйар да суруйар. Мин ону илдьэ сылдьабын ээ. Ааҕ ан биэрэбин дуо? Куорат Баһ ылыга. Иллэҥ суох! Чэ, онон, Иван Кузьмич, туох эмэ ү ҥ сү ү дуу, донуос дуу баар буолла да, сонно тута миэхэ! Почта тойоно. Ү ө рү ү нү кытта… Аммос Федорович. Хаһ ан эрэ тү бэһ иэххит ээ… Почта тойоно. Ээ-ээ, бү т, Аммос Федорович… Куорат Баһ ылыга. Туох да буолуо суоҕ а! Барыбыт туһ угар буоллаҕ а дии, этэргэ дылы дьиэ кэргэн туһ угар! Дьон бары истиитигэр айдааны таһ аарар буоллахпытый… Аммос Федорович. Даа, соччото суох дьыала буолбут! Оттон мин дьиҥ эр, Антон Антонович, эйиэхэ ыт оҕ ото биэрээри диэн кэлэн испитим ээ. Ийэтэ били, ааттаах булчут ытым балта. Чептович Варховинскайдыын сууттаһ а сылдьаллар, онон туһ анан мин кинилэр сирдэригэр кө ҥ ү л киирэн куобахтарын бултуубун… Куорат Баһ ылыга. Эн миэхэ ол-бу куобахтары кэпсээмэ… Мин мэйиибэр ол, кыраммыт кистэлэҥ тойон киирэн баран тахсыбат, субу манна олорор! Субу, сибилигин, арай, киирэн кэлиэх курдук!
|
|||
|