|
|||
Ахсыс көстүүАхсыс кө стү ү
Хлестаков. Манна чунуобунньуктар элбэх эбиттэр. Миигин, арааһ а, туох эрэ улахан тойон дии санаатылар быһ ыылаах. Бэҕ эһ ээ, лаппа халыппахтаабыппын быһ ыылаах. Эээ, акаарыскайдар! Хата, Петербурга Тряпичкиҥ ҥ а сурукта ыытыахха, кини хаһ ыакка ыстатыйа суруйааччы — кинилэр тустарынан ү чү гэй аҕ айдык суруйан тыаһ аттын ээ… Ээй, Осип, миэхэ кумаахыта уонна чэрэниилэтэ аҕ ал эрэ! Осип (аантан быгар). Билигин. Хлестаков. Дьэ, Тряпичкин обургу тииһ игэр тү бэстиҥ да бү ттэҕ иҥ буолуо ээ, тылын сытыылыы тү һ эр уонна хаччы иһ ин тө рө ппү т аҕ атын да хаһ ыаттыаҕ а. Ол эрээри бу сордоохторуҥ эмиэ да эйэҕ эс, дьэллэм дьон буолаахтаатахтара… хаччы биэрээхтээтилэр… Дьээ-эрэ, хата, хаһ ы дук гыммыттар эбитий, ааҕ ыахха эрэ… Бу судьуйа киэнэ — ү с мө һ ө ө к, бу буоста тойоно — ү с мө һ ө ө к, алта мө һ ө ө к, сэттэ мө һ ө ө к, аҕ ыс… Хайыы бу, туох ааттаах илдьирийбит кумааҕ ытай! Аҕ ыс мө һ ө ө к, тоҕ ус мө һ ө ө к… Ооһ оо-о! Тыһ ыынчаттан таҕ ыста ээ… Дьээ-эрэ, хаппытаан, билигин тү бэспэккин ээ, миэхэ! Хайабыт буолар этэ!
Тохсус кө стү ү
Хлестаков уонна Осип кумааҕ ы, чэрэниилэ аҕ алар.
Хлестаков. Хайа, дьэ, акаары, кө рө ҕ ү н дуо, хайдах курдук миигин кө рсө ллө рү н, кү ндү лү ү ллэрин, далбардыылларын? (Суруйар). Осип. Кө рө бү н, ү чү гэй… Ол гынан баран, Иван Александрович… Хлестаков (суруйа олорон). Тугуй? Осип. Мантан барыахха. Сө п буолуо. Хлестаков (суруйа олорор). Ол эмиэ тоҕ о! Ү чү гэйэ бэрт дии! Осип. Оттон… Баҕ айылар, сырыттыннар ээ, бэйэлэрэ! Икки кү н кү ү лэйдээтибит, сө п буолуо. Тугу ө р ньаҕ айданан… Аны ким эрэ кырдьыктыы тиийэн кэлиэ… Иван Александрович… Аттара баҕ ас, дьэ, кырдьык, ү тү ө аттар… Сирилэтэн тү һ эн! Дьиэбитигэр хайдахтаах курдук астаран тиийиэ этибитий! Хлестаков (суруйа олорор). Суох, мин ө ссө да кыратык сылдьа тү һ ү ө м… Саатар, сарсыҥ ҥ а дылы… Осип. Тугун эмиэ сарсынай! Бара охсуохха, Иван Александрович! Тө һ ө даҕ аны маанылааталлар, кү ндү лээтэллэр тү ргэнник бара охсуохха наада, эйигин арааһ а атын киһ и дии санаабыттар быһ ыылаах. Аҕ аҥ даҕ аны кыыһ ырара буолуо, хойутаабыккар. Ү чү гэй аттарда кө рдү ө ххэ, дьэ уонна астаран аҕ ай тиийиэххэ буо! Хлестаков (суруйа олорор). Чэ, сө п-сө п... Ол эрээри бастаан бу суругу илдьэ охсон биэр уонна суол хаччыта кө рдө ө. Олох бастыҥ аттары биэрэллэрин курдук кэпсэт. Дьаамсыктарга этээр, ү чү гэйдик тө лү ү бү н, отой фельдъегери илдьэр курдук илдьиэхтээхтэр. Тү ргэнник уонна ырыалаах-тойуктаах! (Салгыы суруйа олорор). Тряпичкин тө һ ө эрэ кү лэр, харахпар кө рө бү н… Осип. Мин суругу маннааҕ ы киһ инэн ыытыам, бэйэм хамыныам этэ, бириэмэни мээнэ ыыппат гына… Хлестаков (суруйа олорор). Сө п. Чү мэчитэ аҕ ал. Осип (тахсар, саҥ ата иһ иллэр). Ээ-эй, доо, иһ ит эрэ! Буостаҕ а сурук илдьиэҕ иҥ, буоста тойонугар этээр — босхо ыыттын. Уонна саамай бастыҥ аттарда аҕ аллыннар, суһ ал сырыы киэнин, хаччытын тойонум тө лө ө бө т, хааһ ына тө лү ү р ү һ ү диэ… Барытын тү ргэнник оҥ ор, тойонум кыыһ ырар. Тохтоо, сурук бү тэ илик. Хлестаков (суруйа олорор). Киһ им билигин ханна олороро буолла? Урукку сиригэр Буоста уулуссатыгар эбитэ дуу, атын сиргэ кө спү тэ дуу? Биир сиргэ таба олорооччута суох, кө һ ө рү н-кө тү ө ккэлиирин сө бү лү ү р киһ и, куортамын хаһ ан да ситэри тө лө ө ччү тэ суох. Чэ, манна буолуо диэн баран Буоста уулуссатыгар ыытыахха, баҕ ар баара буолуо… (Суругун суулаан баран аадырыстыыр).
Осип чү мэчи аҕ алар. Хлестаков бэчээт туруорар. Ол кэмҥ э Мардьааскы саҥ ата иһ иллэр: «Ханна, ханна бардыҥ бытык? Кими да киллэрбэппит диэн эппитим дии! »
Хлестаков (Осипка суругун биэрэр). Мэ, илдьэн биэр. Атыыһ ыттар саҥ алара. Киллэр, киллэр тойонуом! Биһ иги улахан соруктаах кэллибит! Мардьааскы саҥ ата. Барыҥ! Барыҥ! Киэр барыҥ! Кими да кө рсү ө н баҕ арбат! Утуйа сытар!
Айдаан-куйдаан улаатар.
Хлестаков. Туох айдаанай, баран кө р эрэ, Осип. Осип (тү ннү гү нэн кө рө р). Ханнык эрэ атыыһ ыттар киирэ сатыыллар да киллэрбэттэр. Туох эрэ кумааҕ ынан далбаатаналлар, эйигин кө рсө ө рү гыналлар быһ ыылаах. Хлестаков (тү ннү гү арыйар). Туохха кэллигит, тойоттор? Туох наада? Атыыһ ыттар саҥ алара. Эн аһ ыныгас санааҕ ар ү ҥ э-сү ктэ кэллибит. Ү рдү к сололоох киллэр биһ игини, кө рдө һ ү ү бү тү н иһ ит! Хлестаков. Киллэриҥ, киллэриҥ! Аастыннар! Осип, киллэртээ!
Осип барар.
Хлестаков (тү ннү гү нэн суруктарын ылан биири арыйан ааҕ ар). «Ү рдү к сололоох ү п тойонугар Абдулин атыыһ ыттан…» Пахай даҕ аны, бу туохпутуй… Итинник сололоох тойон букатын да суох!
|
|||
|