|
|||
Бэһис көстүү
Хлестаков уонна Лука Лукич. Кинини хоско умса анньан киллэрэллэр. «Куттаныма, куттаныма! » диэн саҥ а иһ иллэр.
Лука Лукич (чиккэччи тэбинэр, улаханнык долгуйан). Билсиһ эрбин кө ҥ ү ллээ, ү ө рэх тэрилтэлэрин дьаһ айааччы, 9-сус кылаастаах сү бэһ ит Холуопап. Хлестаков. Ааа, киир-киир, аас! Олор, олор. Сыгаарка тардаҕ ын дуо? (Табаах биэрэр). Лука Лукич (ылаары гына-гына саараҥ ныыр, бэйэтигэр). Бай, тугуй-тугуй! Туохха-туохха тү бэстим! Ылабын дуу, ылбаппын дуу! Хлестаков. Мэ, мэ, бу ү чү гэй табаах. Биллэн турар, Петербург киэнин курдук буолбатах. Дьэ, мин онно ыарахан сыаналаах сыгааралары эрэ тардар этим. Ыыы, сыта диибин диэн, кү нү быһ а илиигин сыллана сылдьаҕ ын. Уот бу баар, мэ. (Чү мэчи уунар).
Лука Лукич тарда сатыыр, титирэстиир.
Хлестаков. Тө ттө рү ө ттө, тө ттө рү ө ттө … Лука Лукич (кутталыттан сыгааркатын тө лө тутар, бэйэтигэр). Тууй-сиэ! Куттаҕ аһ ым, хоргуһ ум сиэтэ буолбаат, туохха-туохха тиэрдэр?! Хлестаков. Мин кө рдө хпү нэ, эн табаахсыта суоххун быһ ыылаах дии. Оттон мин тардабыы-ын, билинэбин, итэҕ эстээхпин. Ө ссө, дьахтар аймаҕ ы олус сө бү лү ү бү н, хайдах да сү гү н аһ арбаппын. Оттон эн? Эн хайдахтары сө бү лээччигиний? Сырдык дьү һ ү ннээхтэри дуу, арыый да хара соҕ ус сирэйдээхтэри дуу?
Лука Лукич букатын буккуллан хаалар.
Хлестаков. Суох, эн кырдьыккын эт ээ, сырдыктары дуу, харалары дуу? Лука Лукич. Бэйэм да… билбэппин… с… Хлестаков. Суох, суох, эн куотунума! Мин эн хайдахтары таптыыргын билиэхпин баҕ арабын! Лука Лукич. Мин этиэхпин баҕ арабын… (Бэйэтигэр). Тугу баҕ арарбын бэйэм да билбэппин. Хлестаков. Ааа-аа! Ааа-а! Кистиигин? Этиэххин баҕ арбаккын! Арааһ а, эйиэхэ биир эмэ кэрэчээнэ-харачаана, туох эрэ ү ө ннээҕ и оҥ орбут быһ ыылаах! Эйигин ү чү гэй аҕ айдык кэһ эппит быһ ыылаах! Ээ-э, билиниий, оннук дуо, ээ-э? (Лука Лукич саҥ арбат). Ааа! Кө р, кө р! Кытаран хааллыҥ дии! Эн тоҕ о кэпсээбэккиний? Ээ-э? Ээ-э? Лука Лукич. Мин… толлобун… дьулайабын… ү р… ү р… сол… лоох… (Бэйэтигэр). Ооо, дьэ, хара сордоох баара, тылым… тылым… Хлестаков. Дьулайабын даа? Дьэ, кырдьык, мин харахтарбар киһ и толлуоҕ а, дьулайыаҕ а туох эрэ баар! Баар! Дьахталлар баҕ ас букатын тулуйааччылара суох! Мин ону билэбин, оннук дии! Лука Лукич. Оруобуна оннук-с! Хлестаков. Бээрэ, мин биир олус соччото суох суолга тү бэстим ээ, дэлби ороскуотурдум … Эн миэхэ ү с мө һ ө ө гү иэһ иэҥ этэ дуо? Лука Лукич (сиэбин таптаммахтыыр, бэйэтигэр). Суох буоллаҕ ына, дьэ, кө р бө ҕ ө буолар дии! Хата баар эбит! Баар! (Харчытын хостуур). Хлестаков. Олус диэн махтанабын! Лука Лукич (чиккэс гынар, ыспаагатын илиитинэн ө йү ү р). Мин эйиэхэ мэһ эйдиэхпин баҕ арбаппын! Хлестаков. Быраһ аай! Лука Лукич (сү ү рү ү нэн кэриэтэ таһ ырдьа ыстанар, баран иһ эн бэйэтигэр). Һ уу! Таҥ ара кө мө тү нэн этэҥ ҥ э буолла! Кылаастары баҕ ас баран ө ҥ ө ҥ нө ө бө т ини!
|
|||
|