Хелпикс

Главная

Контакты

Случайная статья





Алтыс көстүү



 

Уруккуларга эбии Анна Андреевана уонна Марья Антоновна.

 

Куорат Баһ ылыга. Дьиэ кэргэммин билиһ иннэрэрбин кө ҥ ү ллээ! Кэргэним! Кыыһ ым!

Хлестаков (тоҥ хоҥ нуур). Эйигин кө рө рбү ттэн, судаарыньа, биир бэйэм олус диэн дьоллонон турабын!

Анна Андреевна. Суох-суох… Эн курдук сү дү киһ ини кө рө рбү тү ттэн, биһ иги бэйэбит ордук дьоллоохпут!

Хлестаков (ү тү ө мсү йэ туттар). Кэбиис, судаарыньа, кэбис, мин ордук дьоллоохпун!

Анна Андреевна. Суох-суох, ити эн миигин ү ө рдээри этэҕ ин! Кө рдө һ ө бү н, олорунан кэбис!

Хлестаков. Эн аттыгар хоройон турарым да, ол бэйэтэ дьол! Ол эрээри, хайаан да олоруохпун баҕ арар буоллаххына, биллэн турар, олоруом. Эйигин кытта кэккэлэһ э олорон ө ссө ордук дьоллонуом буоллаҕ а!

Анна Андреевна. Эчи эттэххин даа… Эйиэхэ, киин сиргэ ү ө рэммит киһ иэхэ, маннык, мэлдьи айанныы сылдьар ыарахан буолуо… 

Хлестаков. Олус ыарахан! Comprenez vous, ү рдү кү уопсастыбаҕ а эргичиҥ нии ү ө рэммит киһ иэхэ, маннык уһ ун айаҥ ҥ а туруннахха, араас кирдээх трактирдар, ньү дьү -балай быһ ыы, барык-сарык — бу барыта олус ыарахаан, ыарахан. Арай, бу маннык, (Анна Андреевна диэкки кө рө -кө рө, араастаан туттар) таҥ ара бэлэҕ э кэриэтэ дьоллоох тү гэннэр мин ыарахан олохпун киэргэтэн ылаллар.

Анна Андреевна. Кырдьык даҕ аны, хайдахтаах эйиэхэ куһ аҕ ан буолуой!

Хлестаков. Ол эрээри, бу тү гэҥ ҥ э, эн аттыгар, миэхэ хаһ ааҥ ҥ ытааҕ ар да ү чү гэй!

Анна Андреевна. Эттэххин даа-с… Эн олус кү ү ркэтэҕ ин! Мин оннук чиэскэ сө бө суохпун.

Хлестаков. Ол тоҕ о сө бө суоххун?

Анна Андреевна. Мин тыаҕ а, кытыы сиргэ олоробун…

Хлестаков. Тыа, кытыы сир даҕ аны туох куһ аҕ аннаах буолуой! Бэйэтэ эмиэ туспа ү чү гэйдэрдээх буоллаҕ а дии… Томтордордоох, халдьаайылардаах, кү ө ллэрдээх… Ол гынан баран куораты кытта туох тэҥ нэһ иэ буоллаҕ ай?! Оо, Петербург, Петербург! Дьиҥ нээх олох диэн онно баар! Баҕ ар, эһ иги миигин кө ннө рү суруксут эрэ буолуо дии саныыргыт буолуо, оо, суох-суох, оннук буолбатах, улахан тойоттор бары мин доҕ отторум! Миигин, маннык, санныга таптайан баран: «Бээрэ, доҕ ор, бү гү н миэхэ эбиэттии кэлээр эрэ», — диэччилэр. Департамеммар киирэн: «Итини маннык гынаҕ ыт, ону оннук оҥ ороҕ ут», — дии тү һ ээт биир эмэ тойон доҕ орбор эбиэттии ыстанааччыбын. Ону сонно тута суруксут уолум, кэнсэлээрийэ кутуйаҕ а баара, «тырк-тырк-тырк» гына суруйан тырылаппытынан барар. Миигин мэлдьи асессор оҥ оро сатыыллар, мойуор чыына сыҥ алыыллар да, суох-суо-ох, туохпунуй ол эмиэ диибин… Кэннибиттэн буоллаҕ ына, суокка тутуурдаах саппыккы ыраастааччы эккирэтэ сылдьар: «Иван Александрович, саппыкыгын ыраастыыбын дуо, саппыкыгын ыраастыыбын дуо? » — диир. (Куорат Баһ ылыгар). Тойоттоор, эһ иги тоҕ о турдугут, олоруҥ ээ, олоруҥ!

 

Бары тэҥ ҥ э ү рү т ү рдү гэр:

 

Куорат Баһ ылыга. Чыыммыт, солобут кө ҥ ү ллээбэт.

Артемий Филиппович. Туох буолуой, тура да тү һ ү ө хпү т.

Лука Лукич. Эн, кыһ аллыма, кыһ аллыма.

Хлестаков. Чыыннаабакка-хааннаабакка олоруҥ -олоруҥ!

 

Бары олоруналлар.

 

Хлестаков. Ол-бу оннугу-манныгы, сиэри-туому букатын сө бү лээбэппин. Мэлдьи биллибэт-кө стү бэт буола, уу-чуумпутук сылдьа сатыыбын да, кыаллыбаа-ат, кыаллыбат! Син биир кө рө охсон, билэ охсон: «Оо-оо, кө рү ҥ эрэ ол, Иван Александрович бэйэтинэн иһ эр! » — диэн буолар. Оннооҕ ор, биирдэ кылаабынай хамаандыссайы кытта буккуйан тураллар, саллааттар чиккэҥ нэһ ии бө ҕ ө! Ол кэнниттэн, табаарыһ ым гыньыраал этэр буоллаҕ а дии: «Дьэ, нокоо, букатын, ү ү т-чү һ эн хамаандыссай бэйэтинэн курдуккун! » — диир. Соннук ү лү гэр!

Анна Андреевна. Айабыы-ын!

Хлестаков. Ү чү гэйкээн актрисалары барыларын билэбин. Мин эмиэ араас водевиллэри, пьесалары ааһ ан иһ эн тырдырҕ атыы боо… Суруйааччылары барыларын кытта эмиэ чугастыыбын. Саамай аллар атаһ ым Пушкин боо! «Хайа, ноко, Пушкин, хайдаххыный? » — диэн буолар. «Эээ-ээ, оттон ханнык эмэ…», — диир. Дьэ, эмиэ уола хаан диэтэҕ иҥ! Дьиибэ киһ и!

Анна Андреевна. Эн ө ссө суруйар эбиккин дии! Суруйааччы буолар диэн, бэйэтэ эмиэ туспа дьикти эриэккэс буолуо дии?! Эйигин сурунаалларга, хаһ ыаттарга бэчээттииллэрэ буолуо дии!

Хлестаков. Тыый, бэчээттээн бө ҕ ө боо! Мин айымньым баһ аам элбэх! «Фигаро ойох ылыыта», «Роберт-Дьаабал», «Норма». Ааттарын да умнан бардым. Ити барыта, ү лэм быыһ ыгар. Соло суох, суруйумаары гыннахпына театр дириэксийэтэ кэлэн: «Баһ аалыста, биир эмэ пьесата суруйан кулууй! » — диэн ынньаҕ алатыы бө ҕ ө! Хайыахпыный: «Чэ, буоллун…», — диир эрэ буоллаҕ ым дии. Уонна ол киэһ э ылан «тырк» гыннаран кэбиһ эбин, бары соһ уйан айахтарын эрэ атан хаалаллар. Миэнэ барыта олус чэпчэкитик тахсар, тө бө м олус дьэҥ кэ, «тырк» уонна бү ттэ! Барон Брамбеус диэн аатынан «Эрэл» диэн ааттаах фрегат», «Москва телеграба» диэннэри суруйбутум… Ити барыта миэнэ… даа-с…

Анна Андреева. Оо-о, Брамбеус диэн эн этиҥ дуо?!

Хлестаков. Мии-ин, мин… Мин бө ҕ ө боо! Уопсайынан да, мин барыларын суруйууларын кө рө н, кө ннө рө н биэрээччибин. Смирдин миэхэ ол иһ ин тү ө рт уон тыһ ыынчаны тө лү ү р…

Анна Андреевна. Оччоҕ о «Юрий Милославскай» эн суруйууҥ буоллаҕ а дии.

Хлестаков. Миэнээ-ээ, миэнэ.

Марья Антоновна. Оттон, кинигэҕ э тойон Загоскин киэнэ диэн сурулла сылдьар дии?!

Анна Андреевна. Дьэ, эмиэ… аны манна кэлэн мө ккү һ эн барда!

Хлестаков. Ээ, сө п-сө п… Ол, кырдьык, Загоскин киэнэ. Атын «Юрий Милославскай» диэн баар, ол баҕ ас миэнэ!

Анна Андреевна. Мин хайаан да эйиэнин аахпыппын! Олуу-ус да ү чү гэйдик суруллубут этэ!

Хлестаков. Кырдьыгын эттэххэ, мин литературанан эрэ олоробун. Мин дьиэм Петербурга саамай бастыҥ дьиэ! Бары билэллэр — «Иван Александрович дьиэтэ» диэн ааттыыллар. (Барыларыгар анаан). Тойоттор, кө рдө һ ө бү н, Петербурга тиийдэххитинэ, миэхэ хайаан да сылдьыҥ, сылдьыҥ. Кө рдө һ ө бү н! Мин кү н аайы баал биэрэбин!

Анна Андреевна. Тө һ ө лө ө х эрэ дэлэгэй, сиэдэрэй, баай-талым, килэйии-халайыы эбитэ буоллаа-а!

Хлестаков. Этэ да барыллыбат! Чэ, холобура, остуолга арбуз сытар — биирдиитэ сэттэ мө һ ө ө к солкуобай! Кө стө рү ү лэлээх миин турар — бирээмэ сибилигин Парижтан борокуотунан кэлбит! Хаппаҕ ын аһ аҕ ын — субу буруолуу турар, ыыы-ы, сыта диибин диэн, ырайга эрэ итинник сыт баара буолуо! Кү н аайы баал! Онно мин бэйэм туспа, хаарты оонньуур дьоннордоохпун — тас дойдулар дьыалаларын миниистирэ диэн, Франция, Англия, ньиэмэс посоллара диэн… Сорох кү н илдьи сылайыаххар диэри оонньуугун. Нэһ иилэ тө рдү с этээскэ сыыллан тахсан: «Маабыра, мэ, синиэлбин ыл…», — диигин. Ээ-э… алҕ ас-алҕ ас, арба особнягым икки этээстээх буоллаҕ а дии… Соҕ отох биир кирилиэстээх… Оттон сарсыарда киирэр ааным аттыгар айдаан-куйдаан, мин ө ссө ситэ уһ укта иликпин, оттон онно гыраафтар, кинээстэр бө ҕ ө мустан, саҥ алара биир кэм сахсырҕ а курдук сааҕ ынаһ аллар. Сороҕ ор миниистир бэйэтинэн…

 

Куорат Баһ ылыга уонна атыттар олоппосторуттан туран кэлэллэр.

 

Миэхэ суруктарыгар: «Ү рдү к сололоох! » диэн суруйаллар. Биирдэ, арай, департамены салайан турардаахпын. Арай, саамай улахан тойон ханна эрэ баран хаалбыт, суох арай, ханна да суох! Дьэ, туран сулумаасы бө ҕ ө, буккуллуу-тэккиллии, хайдах буолабыт, тугу гынабыт, кими олордобут диэн буолла? Арааһ ынай гыньырааллар эҥ ин бө ҕ ө холонон кө рдү лэр, суох, сатаммата — бээ, уустук буолан биэрдэ! Онтуҥ кө рдө ххө эрэ судургу курдук, ис-иһ игэр киирдэххэ — бээ, тохтоо! Дьэ, туран хайыахтара баарай, миэхэ тиийэн кэлэллэр! Уулуссаҕ аа-а, тобус толору илдьит тиэрдээччилэр, элэҥ нээн олороллор, «шурк-шурк»… Отут биэс тыһ ыынча киһ и сыбыытата, санаан кө рү ҥ ҥ ү тү ү й! «Балаһ ыанньа хайдаҕ ый? » — диибин. «Иван Александрович! Эн эрэ быыһ аатаххына быыһ ыыгын! » Мин бастаан кэтэмэҕ эйдээтим, бэйэм буоллаҕ ына халаатынан эрэ турабын. Онтон туран санаатым, дьыала кү н судаарга тиийииһ и, аймалҕ ан буолсу уонна оттон бэйэбэр да туһ алаах буолууһ ук дии санаан: «Чэ, буоллун даҕ аны, сө бү лэһ эбин диибин, дьэ, ол гынан баран ш-шэрэниҥ, диибин, мин олус кытаанах киһ ибин, ол-бу буолан кө рбө ккү т диибин! О-о-лох ш-ш-шэрэниҥ! » — диибин. Инньэ гынан мин кинилэри ү чү гэй аҕ айдык тутаттаатым ээ! Департамеҥ ҥ э киирдэхпинэ бары тип-титирэстэр, сап-салыбырастар, туох эрэ сир хамсаан эрэрин курдук! Сэбирдэх курдук илибирэһ эллэр!

 

Куорат Баһ ылыга уонна атыттар куттана быһ ыытыйаллар, кыра-кыралаан титирэстииллэр, биһ иги киһ ибит уутугар-хаарыгар киирэн барар.

 

Ооо-оо! Кырдьык, мин оонньуу оҥ остубат киһ ибин! Мин кинилэргэ кө рдө ртө ө тү м ээ! Миигиттэн оннооҕ ор госдуума куттанар! Тугуй доо, кырдьык даҕ аны! Мин оннук киһ ибин! Ким да буоллун, кө рө н турбат киһ ибин! Мин барыларыгар сирэйдэригэр этэбин: «Мин бэйэм билэбин! — диибин, — бэйэм! » Мин ханна барытыгар баарбын! Кү н аайы дыбарыаска тиэстэбин. Миигин кү н сарсын фельдмаршалл… (Халтарыйан охтон истэҕ инэ чунуобунньуктар олус сэрэнэн, ытыктабыллаахтык тутан ылаллар).

Куорат Баһ ылыга (титирэстии-титирэстии чугаһ аан кэлэн тугу эрэ саҥ ара сатыыр). Ү р… ү р… ү р…

Хлестаков (тү ргэнник, быһ ыта баттаан). Тугуй? Туох диигин ээ? Ээ-э?

Куорат Баһ ылыга. Ү ү -ү -р… ү ү р…сол…сол…

Хлестаков (эмиэ). Туох диигин? Истибэппин! Балыыҥ ка баҕ айы!

Куорат Баһ ылыга. Ү ү -ү -р… ү ү р…сол…сол… ооох, сыннь.. сынньаныаххын баҕ арыҥ буолаарай? Хоһ уҥ — бу баар! Уонна, оттон онно барыта баар…

Хлестаков. Сынньанар — балыыҥ ка! Сынньанар даа? Сынньана да тү һ ү ө ххэ син. Аһ ылык чааһ а — оһ уобай, оһ уобай! Бэркэ биһ ирээтим! (Хоһ оон ааҕ ан эрэрдии). Лыыбырдаан! Лыыбырдаан! (Ойоҕ ос хоско киирэр, кэнниттэн Куорат Баһ ылыга батыһ ар).

 



  

© helpiks.su При использовании или копировании материалов прямая ссылка на сайт обязательна.