|
|||
рэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэҮөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ: 1. Төрөөбүт дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар; 2. Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар; 3. Үөрэнэр ба5аны, бэйэни сайыннарар; 4. Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар; 5. Эстетическэй сыһыаны олохсутар; 6. Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар; 7. Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар; 8. Үтүө сыһыаннаах бодоруһууну иҥэрэр; 9. Мөккүөрдээх тугэнтэн сатаан тахсар үөрүйэ5и үөскэтэр; 10. Айымньылаах үлэ5э ба5аны үөскэтэр, сэрэхтээх, чөл олох туһунан өйдөбүлү, сыһыаны олохсутар. Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ: 1. Араас тиэкиһи ис хоһоонноохтук аа5ар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан тиэкиһи оҥорор; 2. Соруда5ы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньымаларын баһылыыр; 3. Сэһэргэһэр киһитин бол5ойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр; 4. Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа ба5арар тиэмэ5э кэпсэтиһиигэ кыттар; 5. Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ «Литература аа5ыыта» төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларын (бодоруһуу, култуура, айымньылаах үлэ; кинигэ, ааптар, айымньы ис хоһооно; уус-уран тиэкис уо.д.а.); гуманитарнай-эстетическэй хайысхалаах биридимиэттэр икки ардыларынаа5ы сибээстэри өйдүүр; 6. Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар; 7. Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга оло5уран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар. Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ: 1. Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэ5э тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдүүр; 2. Кинигэ - киһи аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар; 3. Уус-уран айымньы тыл искусстовата диэн өйдүүр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар; 4. Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духуобунай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр; 5. Сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх аа5ыы суолтатын өйдүүр; аан дойду, Россия историятын уонна культуратын, үтүө уонна мөкү сыһыан, сиэр-майгы туһунан бастакы өйдөбүллээх; 6. Аа5ыы суолтатын, араас көрүҥнээх тиэкис (билиһиннэрэр, үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдүүр, дьүүллэһиитигэр кыттар, дьоруой араас быһыытын-майгытын сиэр-майгы өттүнэн ырытар, сыаналыыр; 7. Таска уонна искэ аа5ыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастан уларытыы, уус-уран научнай популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри ырытарыгар судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы аа5ааччы тылын өһүн сайдыытыгар туһалаа5ын өйдүүр; 8. Бэйэ аа5арыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алпаабытынан каталогтары уонна сүбэлиир испииһэги туһанар, бэйэ ситиһиитин, кыа5ын сыаналанар, тупсарынар, эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туһанар.
|
|||
|